Сахалыы ыйдар ааттара.
Тохсунньу күн тахсар ыйа Туруханскай кыраай
ороһуспа ыйа Булуҥ
хараҥа ый Булуҥ, Верхоянскай
туман түһэр ыйа
тымныы баһа тостор ыйа
Олунньу күн тахсар ыйа Аллайыаха
охонооһойоп ыйа Булуҥ
Кулун тутар дьэбдьэкиийэ ыйа
сылгы төрүүр ыйа
Муус устар киристиэп ыйа
куччугуй кулун тутар
сойуо ыйа
сынньалаҥ ыйа
чыычаах ыйа
Ыам ыйа бииринньик
сымыыт ыйа
сынньалаҥ ыйа
тиргэ ыйа
тугут төрүүр ыйа
хаас кэлэр ыйа
Бэс ыйа балык сырыытын ыйа
бырдах ыйа
иккинньи
көмүөл ыйа
күүлэй ыйа
сара ыйа
сыма ыйа
сымыыт ыйа
тунах ыйа
уу кэлэр ыйа
ыһыах ыйа
эбэ барар ыйа
От ыйа Бөтүрүөп ыйа
бырдах ыйа
кумаар ыйа
оҕолоох ыйа
оттуур ый
сыбаҥ хаас ыйа
үһүнньү
хаас саарар ыйа
чүүччэх ыыр ыйа
Атырдьах ыйа муус тоҥор ыйа
ньаалаҕай ыйа
оҕолоох хаас ыйа
спаасаптар ыйдара
төрдүнньү
хаас барар ыйа
хатыыр хаалар ыйа
ыргахта ыйа
Балаҕан ыйа атыыр сүүлэр ыйа
бэһинньи
көппөх тоҥор ыйа
кыһыл ый
оноҕос ыйа Муома
отор ыйа
сир тоҥор ыйа
сэмээнэп ыйа
таба сүүлэр ыйа
түүн хараарар ыйа
Алтынньы бокуруоп ыйа
күн түһэр ыйа Туруханскай кыраай
кыыл атыыра сүүлэр ыйа Турухан
мара ыйа Аллайыаха
ыанньык ынаҕы аһатар ый
Сэтинньи күн киирэр ыйа Усуйаана
күн түһэр ыйа Булуҥ
күөл суокурун ыйа Аллайыаха
оноҕос ыйа Муома
сатыы тымныы түһэр ыйа
хайах сиир ый
хараҥа күн ыйа Туруханскай
Ахсынньы ортоку кыһыҥҥы ый
үрэх суокурун ыйа
хараҥа ый Булуҥ, Верхоянскай
Саха тылын диалектологическай тылдьытыттан хомуйан уктум, туһан.
Ыйдар ааттара, дьыл кэмэ
Саха норуотун ойдобулунэн сыл икки дьылтан турар, сана дьылтан уонна эргэ дьылтан. Сана дьылы бэс ыйыгар - ыhыахха корсоллоро. Сана дьыл бу сананы эрэннэр, урун урумэни биэрэр кэрэ кэм. Сана дьылга кулун тутар, муус устар, от ыйа, атырдьах ыйа киирэллэр. Эргэ дьылга бала5ан ыйа, алтынньы, сэттиньиттэн, ахсынньы, тохсунньу, олунньу киирэллэр. Бу дьыл саамай тымныы, харана кэмэ.
Ыйдар ааттара суруннээн норуот улэититтэн-хамнаhыттан тутулуктаах. Сана дьыл ыйдара бары толору ааттаахтар онтон эргэ дьыл ыйдара ахсаан ааттан торуттээхтэр. «Ыйдар ааттара норуот оло5ун-дьаhа5ын чопчу кордороллор», - диэтэххэ сыыhа буолбата5а буолуо.
Харана, тымныы кэм бала5ан ыйыттан кулун тутарга диэри сабардааьынын Эргэ дьыл дииллэр. Онно куьун уонна кыьын киирэр.
Былыргы сахалар аа5ыыларынан, билигин эргэ дьыл ортото ааьан эрэр.Ол аата харана, тымныы кэм анара эрэ буттэ. Эргэ дьыл иккис анаара кулун тутарга кун сааскы тэннэьиитигэр тиийэн тумуктэниэ. Онон Сана дьыл, атыннык эттэххэ, саас, сайын кэлиэ оссо да ыраах. Саха дьоно Сана дьылы кун сааскы тэннэьиитигэр аа5ар уонна ыьыахха бэлиэтиир угэстээх.
Эргэ Дьыл оройо ахсынньы 17-25 куннэригэр буолан ааста. Атыннык эттэххэ, кун кыьынны туруута Аан Даан ити бириэмэ5э тубэстэ.
Айыы итэ5элин быьыытынан , Аан Даанна халлаантан Айыы намыьын уда5аттар кэлэн ааьаллар. Кинилэр харана5а, тымныыга хам баттаппыт айыы айма5ар куус-комо буолаллар. Кири-дьайы, дьаны-дьааьа5ы дьалбыйан ааьаллар.
Аан Дана ааспытын кэннэ, ахсынньы 26 кунуттэн тохсунньу 21 кунугэр диэри халлаан сырдыга «кутуйах хаамыытынан эбиллэн барар». Халлаан сырдыга 8 чааска тиийэ эбиллиитин итинник ааттыыллар.
Тохсунньу 22 кунуттэн олунньу 6-гар «Дьыл о5уьун бастакы муоьа тостор». Сырдык кэм 9 чааска тиийэ уьуур. Дьыл о5уьа ургэлтэн биир сулус костубэт буолар.
Олунньу 7 кунуттэн олунньу 19-гар «Дьыл о5уьун иккис муоьа тостор». Сырдык кэм 10 чааска тиийэ уьуур. Дьыл о5уьа ургэлтэн иккис сулус костубэт буолар.
Олунньу 20 кунуттэн кулун тутар 17-гэр диэри «Дьыл о5уьун моойдоох баьа быстар». Сырдык уонна харана кэм уьуна 12-лии чаас буолар. Кулун тутар 18 кунуттэн сырдык кэм сыыйа баьыйан барар. Кыьыары саас са5аланар. Эргэ дьыл бутэр. Дьыл о5уьун кондой кохсо» хаалар. Ону былыргылар 44 дьыбар диэн ааттыылар.
Сэтинньи - Байанай ыйа
Таҥарата - Байанай
Ойуута - ох
Суолтата - сатабыл
Тыла - һук
Сулуһа - Кэһэх Сулус
Бухатыыра - Тамаллаайы Бэргэн
Куота - Нуоралдьын Куо
Мала - хойгуо
Тыаһа - хобо
Үүнээйитэ - долохоно
Көтөрө - улар
Кыыла - киис
Аһа - хаан
Эйгэлэрэ - ас, уруу, булчут
Туомнара - Байанайы олордуу (сэтинньи 2-3 күннэрэ)
Уруу тардыыта - сэтинньи 7 күнэ
Сайдамҥа киллэрии - сэтинньи 12 күнэ
Суорумньу домо - сэтинньи 17 күнэ
Күөсчүт алгыһа - сэтинньи 20 күнэ
Таҥхата - сэтинньи ый таҥха алтыс оронугар олорор. Бу ыйга төрөөбүт киһи биһигэ ити ороҥҥо сөп түбэһэр. Кини майгыта:
- быстыбат сылбалаах
- дьэллэм
- долоту (быһаарыылаах)
- талбаны сөбүлүүр
- булугас өйдөөх
- сорсуннаах
- унньуктаах (сылайбат)
- бэргэн
- алыкылаах
Ааттара
1,2 - Байанай, Уйгууна
3,4 - Барылан, Айталыына
5,6 - Байдам, Барахсаана
7,8 - Дэлэгэй, Далбаара
9,10 - Саргын, Хаачылаана
11,12 - Сулустаан, Харыстаана
13,14 - Талбан, Тускулаана
15,16 - Уххан, Сахаайа
17,18 - Добун, Нарыйа
19,20 - Дабыл, Байаана
21,22 - Айтал, Мичийэ
23,24 - Байан, Айыына
25,26 - Дархан, Ньургустаана
27,28 - Кэрэмэн, Санаайа
29,30 - Айаал, Кубэйэ
https://www.facebook.com/vasily.gerasimov.1